сүбэлэн
1
- сүбэлээ диэнтэн атын. туһ. Кыыһын бу түүн атын хоско олорор ыалларга хонноро ыытарга сүбэлэнэр. Амма Аччыгыйа. Сүбэлэммит сүбэни Сүрэхтэригэр сөҥөрдөн Ыараан бардылар, Ыраатан истилэр. С. Васильев. Бэрэбиэркэлиир, айар, көҥүл, талар диктаннарга уруоктан уон биэс мүнүүтэни ыларга сүбэлэнэр. ННН СТМО
2
- ан эмэ куотунан сылтахта бул, кубулун, албыннаа
Нууччалыы
- Находить способ, иметь намерение избежать чего-л. неприятного для себя. – Бу уол, аны итирэн баран, маһыгар тахсымына уота суох хоннороору сүбэлэннэ ээ, нохоо, киирэн баран иһээр, – диэтэ ийэм
- Н. Неустроев. Бу курдук эрэйдэнэрбин, бу курдук ыалдьарбын ким аһыныай, ким кырдьыктаныай? Туой сүрэҕэлдьээн, сымыйанан сүбэлэнэр диэхтэрэ буоллаҕа дииЭрилик Эристиин