сүрэх-бэлэс
1 · аат тыл
- Туохха барытыгар көхтөөх, дьаһаллаах буолуу; үлэни-хамнаһы өрө тутуу, үлэһит буолуу
Нууччалыы
- Позитивный настрой; трудолюбие
- Олоххо сүрэх-бэлэс улаханы быһаарар. Табаарыһым сүрэҕэр-бэлэһигэр ымсыырабын. П. Аввакумов. Агент үлэтэ тус бэйэ сүрэҕиттэн-бэлэһиттэн, дьону кытта хайдах сыһыаннаһан кэпсэтэриттэн, итэҕэтэриттэн улахан тутулуктаах"Кыым"
2 · этии
- Сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт – туохха барытыгар олус көхтөөх, дьаһаллаах; үлэни өрө туппут, олоро түһэр диэни билбэт Бу уол барыга-бары сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт. “"Анаан ураҕас быстан" буола-буола, сүрэхтэрэ-бэлэстэрэ бэрт ээ кинилэр"” – абатыйда Дьэллик. Н. Заболоцкай. Сүрэҕэ-бэлэһэ киирбит – урут сүрэҕэлдьиир бэйэтэ күүскэ үлэлииргэ соруммут. Θ Он стал усердно трудиться, проявлять трудолюбие (хотя раньше такого не замечалось). Сүөдэр сүрэҕэ-бэлэһэ киирбит, тиэтэйбитэ сүр. М. Доҕордуурап. [Айаан] урут олус сүрэҕэлдьиир бэйэтэ, дьэ сүрэҕэ-бэлэһэ киирэн, аҕата тиэйбит саһаан маһын ийэтэ сөбүлүүрүнүү синньигэс гына хайытан, сааһылаан дьонуттан хайҕаммыта. Н. Габышев. Сүрэх-бэлэс киһи – олус үлэһит, сүрэхтээх киһи. Θ Очень трудолюбивый человек. Мөдөөт курдугун көрүмэ, интикэҥ сүрэх-бэлэс киһи. Буркун, учуутал киһини кыра оҕо курдук хайгыыр солуута суох да буоллар, кыайан туттуммата: "Атаһым дьэ сүрэх-бэлэс киһигин!" – диэн баран санныттан ыга кууһан ылла. И. Гоголев. Ээ, Ларисаҥ киһитинэн үчүгэй ээ. Элэккэй бөҕө, көнө, судургу, сүрэх-бэлэс бөҕө киһи – тугу барытын сатыыр даҕаны, кыайар даҕаны. В. Яковлев. Сүрэх-бэлэс муҥутаан үгэрг. – дьаһаллаах, үлэһит муҥутаан ("онтон кини хаалыа дуо?" – диэн этии. ) Θ Экий трудяга, как же без него (обычно о человеке, с энтузиазмом участвующем в весельи, развлечении). Сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда. "Сүрэх-бэлэс муҥутаан олоруо үһү дуо, дьэ кини? Ким-хайа иннинэ ойдоҕо эбээт!" – диэн эмээхсин кийиитин мөҕүттэ олордо. "ХС"
Нууччалыы
- Проявляющий инициативу, хватающийся за всё с энтузиазмом; очень трудолюбивый, работящий