ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сүҥ

1 · даҕааһын

  • , фольк. Сүҥкэн, олус улахан

Нууччалыы

  • Очень большой, огромный. [Аттар] Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал хотуну Бэтэрээ бэлэһинэн Битийэ көттүлэр
  • Саха фольк. Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит, Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал түгэхтэммит, Тунаах былыт урсуннаах Туустаах байҕал тулалаах -- Орто дойду оҥоһуллубута үһү. П. Ойуунускай. Ким көрбүтэй сүҥ эрилик Хотой төрөөт дайбытын?И. Гоголев

2 · этии

  • Сүҥ дьааһын көр дьааһын. Э-э дьэ, мин диэтэх киһи сүгэ балта, сүҥ дьааһын тылбын истэн олор эрэ! ПЭК ОНЛЯ V. Сүүс сүллэр этиҥнии дуораттын Сүүс омук сүҥ дьааһын куолаһын. С. Тарасов. // Кытаанах, нүһэр (ким-туох эмэ көрүҥүн этэргэ) Аттыгар хардаҥ эһэ тириитэ ыйанан турара кинини ордук сүҥ дьааһын, дьиппиэр, модун киэптиир. "Кыым". Сүҥ хаан фольк. – ытык-мааны, дархан. Θ Почтенный, достойный уважения. Бу маннык сиргэ Одун хаан оҥорбут Сүҥ хаан улуустарын Сүгэ тойон аймахтарын, -- Дьылҕа тойон Оҥорон айан-кэрдэн түһэрдэҕинэ – оччоҕо эрэ бу сир иччитин булуо эбит нии, доҕоттор? Ньургун Боотур. Тукаам, Тыаһааны, эн Сүҥ хаан аҕаҥ Батас лыҥкыныырын эрэ манньыйан истибэт, Күөрэгэй дьырылыырын эмиэ кэрэхсиир. И. Гоголев

Нууччалыы

  • Жёсткий, суровый (о ком-чём-л. )

«С» буукуба