сүүрүктэн
- сүүрүктээ диэнтэн бэй. туһ. Уохтаах-уордаах Тоҥмот өрүс буолан Күлгэдийбэт күүстээх Көй сүүрүктэнэн уста турар. С. Зверев. Дохсун сүүрүктэнэн доллоһуйа устар кэмнэрэ буолуо. П. Филиппов. Күндэ эбэ ийэкэм Күрүлүү-барылыы долгуннуран, Бадылыйа баһыгырыы сүүрүктэнэн, Арылыйа-будулуйа турара Самныбыт санааны сайыннарар, Сөрүүдүйбүт сүрэҕи сэргэхситэр. Н. Түгүнүүрэп