сүөкэт
- сүөкээ диэнтэн дьаһ. туһ. Ити ытыҥ быйыл кыһын хор үгүспүн сүүйдэ ээ: саабын, бурдукпун, бу саас биир тиэйии оппун сүөкэтэн хаалта, тыһаҕаһым тириитин, хатаппын. Суорун Омоллоон. Саҥардыы аҕалан сүөкэппит хаптаһыннарын чөмөҕөр тиийэн тугу эрэ былаанныырдыы эргим-ургум көрө, уоһун иһигэр ботугуруу турда. "Кыым"