ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сөҕүрүй

1 · туохтуур

  • туохт
  • Тобук тардыстан, сөҕүрүйэн эрэр уотун чоҕун одуулуу олордо. Н. Лугинов. Оһох уота сыыйа сөҕүрүйэн, улам-улам харааран, балаҕан иһэ түлүк хараҥанан туолан испит. П. Аввакумов. Удаҕан таҥаһын -- уот сөҕүрүйбүтүн кэннэ сараҕыта уурдулар, бэрийдилэрН. Босиков

2 · туохтуур

  • Умайан бүтэн улахан төлөнө, суоһа суох буол (күүстээх уот умуллан барыытын этэргэ)

Нууччалыы

  • Догорая, затухая, терять жар и яркость (об огне)
  • Тобук тардыстан, сөҕүрүйэн эрэр уотун чоҕун одуулуу олордо. Н. Лугинов. Оһох уота сыыйа сөҕүрүйэн, улам-улам харааран, балаҕан иһэ түлүк хараҥанан туолан испит. П. Аввакумов. Удаҕан таҥаһын -- уот сөҕүрүйбүтүн кэннэ сараҕыта уурдулар, бэрийдилэрН. Босиков

3 · туохтуур

  • Уҕараан, төннөн уота-төлөнө суох буол, уостан бар (киһи иэйиитин этэргэ)

Нууччалыы

  • Ослабевать, увядать, утихать, угасать (о чувствах человека)
  • Кинилэр доҕордоһуулара күн бүгүҥҥэ диэри сөҕүрүйэн көрбөккө, салҕана турар. И. Федосеев. Таптал уота сүрэххэр Сөҕүрүйдэ дуо бэлиэр? Айталын. Кини үөрэнээччилэригэр тустууга үйэлэрин тухары сөҕүрүйбэт таптал уотун умаппыта. ПП ОА

«С» буукуба