таарыйталаа
- таарый диэнтэн төхт. көрүҥ. Үүттээх хойуу чэйи астына иһэн, табахтаан баран, тахсан хотуурун эргим-ургум тутан, эрбэҕин сүрэҕинэн биитин таарыйталаан көрдө. Д. Таас. Хотон иһиттэн никсик сыттаах салгын тахсан, туруорбах дьиэ итиитин баһыйар, хам-хаадьаа сөрүүнүнэн таарыйталаан ылар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Онон-манан тыҥырах таарыйталаабыт сирдэрэ хаан оҕуолуу сылдьаллар. Н. Заболоцкай