таатаҥнаа
- таатай диэнтэн тэҥ. көстүү. Сатаннаҕына өтөр сибиинньэлэр тойонноро буолан, бу кырдалга сис туттан таатаҥныам. И. Гоголев. Ыллыы-ыллыы сис туттан баран аа-дьуо тротуар устун хааман таатаҥныыр. М. Ефимов. Сахалыы сис туттан таатаҥнаан, Наҕыллык хаамабын. А. Абаҕыыныскай