табыгырас
I · 1
- табыгыраа диэнтэн холб. туһ. Саалар сытыы уоттара кылахачыстылар, окуопалар үрдүлэринэн буулдьалар чыбыгырастылар, тоҥ балбаахха түһүтэлээн табыгырастылар. Амма Аччыгыйа. Эмискэ атаҕым анныгар буулдьалар табыгырастылар. И. Сосин. Кини хараҕын аспыта, халлаан өссө да халла илигэ. Биир күрүс ардах таммахтара табыгыраһаллар. "Кыым"
II · 2 · даҕааһын
- Табыгыраан иһиллэр, түргэнник "тап-тап-тап" тыаһыыр
Нууччалыы
- Частый, дробный (стук)
- Дьиэ үрдүн диэки туох эрэ табыгырас тыас иһиллибитигэр, кини ытыһын үөһээ нэлэччи туппутунан тэлгэһэ ортотугар ыстаммыта. Софр. Данилов. Быстах ардах тыаһа-ууһа Барылас, табыгырас буолааччы. И. Федосеев. Тиэхиниичэскэй сэкирэтээр кыыс машинкаҕа бэчээттиир тыаһа тап-табыгырас"ХС"