аат тыл
таракаан
- Кугастыҥы эбэтэр харатыҥы килбэлдьигэс дьүһүннээх, уһун хамсыы сылдьар муостардаах дьиэҕэ үөскүүр үөн-көйүүр
Нууччалыы
- Таракан. "Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду оҕуһабын" диэччи таайыллыыта - таракаан буолан хаалар. Амма Аччыгыйа. Таракаан муоһун курдук өрө кыырайбыт куп-кугас уорсунун икки уһугун имэрийтэлээн кэбистэ. Л. Попов. Таракааны суох гыныы сүнньүнэн дьиэни, ордук куукунаны уонна остолобуойу куруук ыраастык тутуунан ситиһиллэр. РВА ДьЫКВ