тарахачыт
- тарахачый диэнтэн дьаһ. туһ. Икки-үс милииссийэ соҕотохто баар буола оҕустулар да, хара бэкир киһини мөрөйдөөн ылан, сержант хоһугар тарахачытан киллэрдилэр. Н. Заболоцкай. Толлоойук буруйдааҕы [кырса оҕотун] сабырҕаҕыттан өрө ыйаан тарахачытан, тордох аттыгар аҕалбыта. И. Федосеев. Громовик сүдү бэйэтэ сулбу ойон туран, икки ойуунан лааппылааҕы ситэ баттаабыта уонна саҕатыттан харбаан өрө тарахаччыппыта. В. Санги (тылб. )