ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

тииһигир

1 · туохтуур

  • туохт
  • А. Софронов. Күн ортотуттан киһилэрэ сыыйа кэҥээн, улам сэргэхсийэн барда, тииһигирэрэ сэллээтэ. Болот Боотур. Ситэ үтүөрбэккэ сылдьан үлэлээтэххэ ыарыы бэргиэн, тииһигириэн сөпГ. Угаров

2 · туохтуур

  • Эмискэ бэргээ, сытыытык арыт таарымта курдук ыарый (ыарыһах, ыарыы туһунан)

Нууччалыы

  • Усиливаться, нарастать, разыгрываться (о боли). [Маайака] ыарыйда быһыылаах, киэһэтин тииһигирэр
  • А. Софронов. Күн ортотуттан киһилэрэ сыыйа кэҥээн, улам сэргэхсийэн барда, тииһигирэрэ сэллээтэ. Болот Боотур. Ситэ үтүөрбэккэ сылдьан үлэлээтэххэ ыарыы бэргиэн, тииһигириэн сөпГ. Угаров

3 · туохтуур

  • Сүпсүгүр, тиргилин, улаханнык турунан туран тугу эмэ гын

Нууччалыы

  • Суетиться, хлопотать; увлечься каким-л. делом, отдаться всецело чему-л
  • Хабдьы элбээн, хайалар харалдьыктарыгар туллук үөрэ түһэр буолан, [оҕолор] бултаан тииһигирэ сылдьаллар. Болот Боотур. Холкуоска эмиэ саҥа бэрэссэдээтэл кэлбит уонна ол киһи тутуунан тииһигирэн турбут. Г. Нынныров. Киһи барыта көмүстэн атыны санаабат буолла. -- Манна биһиэхэ эмиэ тииһигирэллэр. В. Санги (тылб. )

«Т» буукуба