тирбэҕэ
I · 1 · аат тыл
- 1. аат. Тирииттэн синньигэс гына тэлэн ылан оҥоһуллар быа
Нууччалыы
- Тонкая верёвка или ремешок, вырезанные из кожи
- Муҥханы сүүрбэ-отут ураҕаска тиирэллэр уонна бигэ буоллун диэн тирбэҕэнэн таарбайаллар. Далан. Былыр таҥас өтүү, аныгы быа-туһах суох кэмигэр тирии тирбэҕэни, талах, силис сигэни киэҥник тутталлара. «ХС»
I · 2 · даҕааһын
- суолт. Тирииттэн синньигэс гына тэлэн ылан оҥоһуллубут
Нууччалыы
- Вырезанный с краёв выделанной кожи
- Сонум элээмэтин кэтэн, тирбэҕэ курбунан бүүрэ тардынан кэбистим. Амма Аччыгыйа. Былыргы сахалар сап оннугар иҥиир ситиини, бирээдьинэ быа оннугар оҕус инчэҕэй тириититтэн тэлэн, имитэн-мускуйан оҥоһуллубут тирбэҕэ өтүүнү тутталлара. АЭТЫС
I · 3 · этии
- Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан көр инчэҕэй. Бэйэлэрэ буоллаҕына, күүстэрэ эстэринэн ыар үлэҕэ эриллэ-эриллэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. Софр. Данилов. Биһиги үһүөн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораабыппыт. П. Аввакумов. Ср. башк. дилбегэ ‘вожжи’
II · 4 · аат тыл
- Оттообут кэннэ ходуһа кытыытыгар быраҕыллан (хол., ото убаҕас, иинэҕэс буолан) охсуллубакка хаалбыт сир
Нууччалыы
- Заброшенные неурожайные окраины сенокосных угодий
- Ходуһаҕа дьон бырахпыт тирбэҕэлэрин, сайылык үрүйэлэр дулҕаларын оттууллар. Амма Аччыгыйа. [Дьэбдьиэ:] Бу сайын буоллаҕына ити алааһын тирбэҕэтин оттообокко таах хагдарытан кэбистэ. Суорун Омоллоон. Сахалар ити түбэҕэ тыраакта сүнньүнэн, хастыы эмит көс буола-буола, бытанан олорбуттар, талахтар төрдүлэрин, от ытырыылаах лоскуй-лоскуй тирбэҕэлэри тиниктэһэн. «ХС»