тиэхэлэн
- тиэхэлээ диэнтэн бэй. туһ. [Кыра Хабырыыс] оҕотук эрдэҕинэ тиэхэлэнэр эбит. Эрилик Эристиин. Бачча бөдөҥ-садаҥ, бачча боччумнаах улахан үлэһит киһи хайдах итинник тиэхэлэнэрин киһи дьиибэргиэн курдук. В. Яковлев. Малаанньа тиэхэлэниэх санаата кэллэ быһыылаах, уоһун үмүрүччү тутунна. М. Попов