тооротун
- тоорот диэнтэн бэй. , атын. туһ. [Этэрбэс] Туһааннаах тигиини Сулугун таппат гына Тоороттон бардым. Саха нар. ыр. II. Догдоҥ хара тыабыт Лоҥкур көмүс туорааҕа Тоороттон тоҕунна. Е. Иванова. Көмөр хара баттаҕыҥ хаар маҥан буола илигинэ, илин-кэлин тииһиҥ тоороттон түһэ илигинэ, мин эйиигин бу хаайыыттан таһаартарыам суоҕа. В. Протодьяконов