тоҕоос
I · 1
- тоҕоо диэнтэн холб. туһ. Булт да аанньа тоҕооспотох, аттара да ырыганнаан, тыаларыттан эрдэ төннүбүттэр. ФГЕ СТС. Биһиги төрдүөн тус-туспа дойдулартан тоҕооспут дьоммут. "Чолбон"
I · 2
- Табыгастаах, сөптөөх түбэлтэҕэ, түгэҥҥэ түбэс
Нууччалыы
- Быть, оказаться в подходящем месте в удобный момент, вовремя
- Барытыгар киниэхэ болдьообут курдук тоҕооһоллор. У. Нуолур. Ср. хак. тоҕас ʻвстречаться, видетьсяʼ
II · 3 · аат тыл
- Туохха эмэ табыгастаах түгэн, түбэлтэ
Нууччалыы
- Подходящий, удобный момент, случай
- Этэр тыл наадалаах тоҕооһугар бэргэнник этиллэрэ улахан суолталаах. Амма Аччыгыйа. Сарсын ийэбэр Сурук суруйар Сөптөөх тоҕоос көстөрө буоллар! И. Егоров. Ордук сөптөөх тоҕооһу күүппүт. МНН. Ср. тюрк. тоҕуш, туҕаш ʻнадобность, случайʼ