туйаар
1 · туохтуур
- , поэз
- Күөрэгэй чыычаах күн диэки күөрэйэ көтөн тахсан туйаара дьырылаатаҕа көҥүлүн, үрдүгүн!.. Суорун Омоллоон. "Дьири-дьир" дьирилээн Күөрэгэй туйаарда. Болот Боотур. Салгыҥҥа уйдаран, Күөрэгэй туйааран, Биир сиргэ битийдэ, Дьирилии ыллаатаС. Васильев
2 · туохтуур
- Ыллаан дьурулат (күөрэгэй туһунан)
Нууччалыы
- Петь с переливами, щебетать, заливаться (о жаворонке)
- Күөрэгэй чыычаах күн диэки күөрэйэ көтөн тахсан туйаара дьырылаатаҕа көҥүлүн, үрдүгүн!.. Суорун Омоллоон. "Дьири-дьир" дьирилээн Күөрэгэй туйаарда. Болот Боотур. Салгыҥҥа уйдаран, Күөрэгэй туйааран, Биир сиргэ битийдэ, Дьирилии ыллаатаС. Васильев
3 · туохтуур
- Олус үөһэнэн көҥүллүк көт
Нууччалыы
- Легко и свободно летать, парить высоко в небе
- Киэҥ куйаар халлаан -- далайыгар туйаара көтө сылдьар эйэ маҥан холуубун ким истибэтэҕэ, билбэтэҕэ баар буолуой?! П. Тобуруокап. [Сөмөлүөт] Күдэн былыты көхсүнэн, Күөх халлааны кырсынан, Тус арҕаа айаннаан Туйааран истэН. Степанов
4 · туохтуур
- тайаар 1 диэн курдук. Баҕарабын: кинилэр [хоһооннор] Киэҥ саҕахха туйааран, Дьон сүрэҕин үөртүннэр Наар үчүгэй санаанан. Р. Баҕатаайыскай. Туналы маҥан күн төрөөбүт дойдубут үрдүнэн, кыһыл көмүс туоһахталыы, туйаара уһунна. М. Доҕордуурап. Туох кэрэ баарын мөҥүөн сүрэхпэр – Ону бүгүн биэрэбин бу туйаарар истиэппэр: Мин олохпун күндээрпит соҕотох эн эбик кин. "ХС". Ср. осм. тойҕар, туйҕар ‘жаворонок’