туймаар
1 · туохтуур
- туохт
- Киһи сирэйин-хараҕын саба туттан туймааран охтон түһэр. Суорун Омоллоон. Бэстилиэт бүтэйдик эһиннэ, Охонооһой, төбөҕө таптаран, Туймааран тыастаахтык оҕунна. Дьуон Дьаҥылы. Неля туох эрэ алдьархайы истиэм диэн туймаарарга дылы буолбутаССС
2 · туохтуур
- ан эмэ өйгүн сүтэрэн, дөйүөрэн, ону-маны өйдөөбөт буол
Нууччалыы
- Потерять сознание, лишиться чувств
- Киһи сирэйин-хараҕын саба туттан туймааран охтон түһэр. Суорун Омоллоон. Бэстилиэт бүтэйдик эһиннэ, Охонооһой, төбөҕө таптаран, Туймааран тыастаахтык оҕунна. Дьуон Дьаҥылы. Неля туох эрэ алдьархайы истиэм диэн туймаарарга дылы буолбутаССС
3 · туохтуур
- Мэйииҥ эргийэн, ону-маны ситэ өйдөөбөт, бадык-бүдүк буолан ыл (хол. , олус долгуйан)
Нууччалыы
- Испытать головокружение, помрачиться, помутиться (о рассудке, уме – напр. , из-за сильного волнения)
- Сүрэҕэ өрүкүйбүтэ, мэйиитэ туймаарбыта сүрдээх этэ: хараҕыттан уот бырдаҥалыырга дылы гыммыта. Күннүк Уурастыырап. Сүүрбэ биэс саастаахпар Галяттан Туймаарар буолбута мин мэйиим. И. Гоголев. Күн эрэ, түүн эрэ – дьолтон туймаарбыкка кэм диэн суохВенера
4 · этии
- Өйө туймаарда көр өй. Хаста ньүөйдэ сүрэҕим?.. Хаста өйүм туймаарда?.. Р. Баҕатаайыскай. Евгений Өйө туймааран, сулбу ойор, -- Аналын билэ ыстанар. А. Пушкин (тылб. ). Ср. джаг. туймаҕур ‘непонимающий, не предчувствующий’