тумуллаа
1 · туохтуур
- Ууга, сыһыыга быган, тумустаан киир, тумуллаах буол
Нууччалыы
- Иметь мыс, образовывать мыс
- Уулусса уҥа өттүгэр, тумуллаан көстөр томтор үрдүгэр, маҥан таас таҥара дьиэтэ багдайан турар. Н. Якутскай. Хайа арҕаһа боккуоп курдук иэҕиллэр. Үрэххэ тумуллаан киирэр. И. Данилов. Өксүөнтэй икки өттүттэн тумуллаан киирбит хара сис тыа ыпсыытын мүччү түһээтин кытта, алаастыҥы киэҥ нэлэмэн сыһыы иннигэр тэниччи тардылынна"Чолбон"
2 · этии
- Тумуллуур суол – тугу эмэ (хол. , тумулу, тоҕойу) эргийбэккэ, төгүрүйбэккэ, быһа барар суол Былыргы дьон тоҕойу эргийэ барбаттар, быһа бараллар. Ону тумуллуур суол диэн ааттыыллар. Багдарыын Сүлбэ
Нууччалыы
- Дорога по прямой, не обходящая мыс или изгиб реки, напрямик