ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

тутуталаа

I · 1

  • тут I диэнтэн төхт. көрүҥ. Сарсыарда табалары тутуталаан көлүйдүлэр. А. Софронов. Ийэлэрэ хотонуттан киирэн ohox хардаҕаһын эргитэ тутуталаата, балаҕан иһэ сырдаата. И. Гоголев. [Сыаптаах ыт] кэлэн тутуталаан кэбиһээри, тимир иилэҕэс быаны тииһинэн кирэ-кирэ, өрө туста турар. Эрилик Эристиин. Колчаковецтар баһылыктарын тыаһа-үүһa суох тутуталаан түрмэҕэ аҕалтаатылар. В. Протодьяконов

II · 2

  • тут II диэнтэн төхт. көрүҥ. Сир-сир ахсын нэһилиэнньэ бэйэтэ оскуола тутуталаан эрэр. Суорун Омоллоон

«Т» буукуба