туохтуур
тырай
- дьүһ. туохт. Уһун синньигэс атахтаргын чиккэччи тэп
Нууччалыы
- Вытягивать врозь длинные тонкие ноги
- Охонооһой уол, сирэйин саба туттаат, сүүрэн тырайдаА. Сыромятникова
- Уһун синньигэс атахтаах буол. Θ Иметь длинные тонкие ноги. Тостуох курдук токур моойдоох, Тырайа сытыйбыт Туруйа сордоох Тугунан миэхэ холоонноох буолуой? Болот Боотур. Ырбайбыт айахтаах, Ынайбыт истээх, Тырайбыт атахтаах, Тымныы эттээх Баҕа үөн баҕайы Бадараан устун Бал-пал түһэн, Күөгэйэн хамсыыр Күөх от диэки Көтөн-ойон истэ. Күн Дьирибинэ. Тырайбыт атахтаах, Тылбыйбыт кынаттаах, Уһуктаах тумустаах, Уот соллоҥ оботтоох, Сүөһүттэн киһиэхэ Суугунуу көтөөччү Иҥсэлээх бырдахпыт Илиибэр олорбут. "ХС". Ср. кирг. тырай ʽраскорячиться, расставив ноги и рукиʼ