тыырбахтаа
- тыыр диэнтэн тиэт. көрүҥ. Ыксалга ыгымнык тыыммахтыы, Ыгыллан кытарыс гыммахтыы, Дьыбардаах салгыны тыырбахтыыр, Дьарыйар куолаһа сатарыыр. Р. Баҕатаайыскай. Хаары-мууһу, силлиэни даҕаны тыырбахтаабыт сылгы. А. Сыромятникова. Эмискэ харах саатарынан Чаҕылла түстэ кутаа. Үөмэх кыымы өрө уһууран, Хараҥа түөһүн тыырбахтаата. Н. Босиков