ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

тэбигирэс

I · 1

  • тэбигирээ диэнтэн холб. туһ. Оҕолорум барахсаттар, сүүрэн тэбигирэһэн кэлэҥҥит эһэҕит Куонаан оҕонньор оллоонноон олорон кэпсиирин истиэххит-сэргиэххит буолаарай? С. Ту мат. Уолаттар кэнниттэн сүүрэн кэлэн, -- түҥнэри садьыйан түһэрбиттэр, -- харытыгар кэтэ сылдьар чаһытын устан ылан баран, куотан, дьиэлэрин диэки сырсан тэбигирэһэн хаалбыттар. ОАП ИиЭУО. "Туллукчаана кэллэ!" – дэһэн Ньукулааһа сиэннэрэ кыргыттар утары сырсан тэбигирэһэн кэллилэр. "ХС"

II · 2 · даҕааһын

  • Чэпчэки, түргэн (атах тыаһын туһунан этэргэ)

Нууччалыы

  • Лёгкий, быстрый (о топоте)
  • Оҕо атаҕын тыаһа чэпчэки, тэбигирэс буолааччы.  Самаан сайын. Киэһэ. Тыаҕа. Чыычаах иһийиитэ. Тэбигирэс атах тыаһа Сүллэр этиҥ курдукС. Данилов

«Т» буукуба