тэбилин
1
- тэп диэнтэн атын. туһ. Уол бу араллааҥҥа сүрдээх күүскэ искэ тэбилиннэ. Тэбиллибит киһи тиэрэ барар. Т. Сметанин
2
- ан эмэ сылтаан куһаҕаҥҥа, иэдээҥҥэ түбэс, киир
Нууччалыы
- Попадать из-за кого-чего-л. в трудное положение, беду
- Сороҕор бэрт кыраттан олоҕуҥ устата бараммат иитэ суох иэдээнигэр, аана суох алдьархайыгар тэбиллиэххин сөп. И. Гоголев. [Арыгыны] иһэн кээһэн ол-бу арааска тэбиллэ сылдьыа. В. Иванов. Сыыстахпытына, өссө ордук улахан иэдээҥҥэ тэбиллээйэбит. С. Курилов (тылб. )
3
- ан эмэ (хол. , үлэттэн) ууратылын; үүрүлүн
Нууччалыы
- Быть отстранённым от чего-л. ; уволенным откуда-л. (напр. , с работы)
- Урукку кэмҥэ ити да иһин үлэтээҕэр буолуохтан тэбиллиэххэ сөп буолара. Н. Лугинов. Онон Контоев биир эрэ хотторуулаах [күрэхтэһииттэн] тэбиллэн хаалла"Сахаада"
4
- Мөлтөх, куһаҕан сиргэ тигис, оннук сиргэ олорорга анаттар
Нууччалыы
- Получить в долю худую территорию, быть определённым жить в такое место
- "Быйыл эмиэ хайа үрэх баһыгар тэбиллэбит", – дии-дии, эһээ Егор кумаар сиириттэн сирэйин мырдыҥнатта. М. Доҕордуурап. Олох будулҕаныгар түбэһэн сир кыраай уһугар тэбиллибит кырдьаҕас саха эрэйдээх мырчыстаҕас сирэйинэн кэмчи таммахтар субуруспуттар"Чолбон"
5 · этии
- Очурга оҕустарымаҥ, көр оҕустар. [Манчаары:] Очурга оҕустаран Огдолуйар күммэр, Тэхтиртэн тэбиллэн Тэгэлийэр кэммэр Көмүллүбүт тумулгар Күрээн кэлэ туруом. И. Гоголев. Очурга охсуллан, тэхтиргэ тэбиллэн, Эрэйгэ-буруйга аргыстыы айааран, Эбэтэр астаах да остуолга тиксиһэн, Атастыы буолбуттар диэн алҕас санаамаҥ. М. Карим (тылб. )
6 · этии
- Иэскэ тэбилин – иэскэ киир (бар) диэн курдук (көр иэс). [Сүтүктээхтэр] иэс-күүс бөҕөҕө тэбиллээхтииллэр. Р. Кулаковскай. Түмүгэр мин дьонум, үлэлиир тээбирин булуммут уонна аһаабыт ороскуоттарын кыайан толуйбакка, улахан иэскэ тэбиллибиттэрэ. КА СДьДь