тэбээмэхтээ
- тэбээ диэнтэн тиэт. көрүҥ. Онуохаҕа Хобороонньо Омос-бааччы сэргэхсийэн, Хаҥас сототун таһыттан Хамсатын эмиэ хостоон, Күлүн күүскэ тэбээмэхтээн, Күө-дьаа буола олордо. Күннүк Уурастыырап. Хараҕа суох оҕонньор хап-сабар солоҥдо бэргэһэтин устан, түнэ этэрбэһин сототугар тэбээмэхтээтэ. И. Гоголев. "Ыаллар, кэпсээҥҥит?" – суруксут Мэхээлэ кырыарбыт бэргэһэтин устан тэбээмэхтээтэ, онтон уҥа ороҥҥо тиийэн олорунан кэбистэ. Уустаах Избеков