тэллэҥнээ
1
- тэллэй I диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Билиги эмээхсин эрэйдээх сэһэргээн быллаҥныы, тэллэҥнии олороро бу баарга дылы. Өксөкүлээх Өлөксөй. Аҕатын ытаабыт уоһа тэллэҥниир, ийэтин хараҕын уута иҥинэн таҥнары сүүрэр. М. Доҕордуурап. [Тойон] кимнээх ханан, хайдах киирэллэрин ыйан эттээх алын уоһа тэллэҥнээтэ, көрөн-истэн чолболдьуйда. П. Филиппов
2
- Бытааннык, сүһүөҕэ суохтук икки өттүгэр иэҕэҥнээн хаамп
Нууччалыы
- Идти, брести медленно, размеренно пошатываясь, покачиваясь
- Тээллэриис, сөбүлээбэтэхтии туттан, тэллэҥнээн кэллэ. И. Гоголев. [Отчут Окоос оҕонньор] тыаһа-ыма суох хааман тэллэҥнээн баар буолан хаалбытыттан соһуйдулар. А. Сыромятникова. Бу сааты-сууту! Итирэн тэллэҥнии сылдьан Керемясовка түбэстэ"ХС"