ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

түптэ

1 · аат тыл

  • Бырдаҕы үүрээри тугу эмэ (хол. , киини) уматан хойуутук буруолатыы

Нууччалыы

  • Дымокур. Алаас тула өттүттэн түптэ буруота унаарбыт. Софр. Данилов. Утуйуох иннинэ боҕуруоскай түптэтинэн дьиэни ыһааран бырдаҕы кыйдыыгын. В. Фёдоров. Түптэ күөх минньигэс буруота Тулабар, сүрэхпэр дыргыйда. Чэчир-76

2 · этии

  • Түптэ кутурук – фольк. 1) аһара сытыы-хотуу, эргичийэн-урбачыйан олорор; ааһар-куотар албастаах (үксүгэр Аллараа дойду абааһытын кыыһын этэллэр) Түтүм ини тэллэх, Түптэ кутурук Кытаҕастай тыҥырах Кыскыйдаан бэйэлээх. Суорун Омоллоон; 2) олус түргэн сырыылаах. Θ Очень скорый, быстрый. Түргэн сырыылаах түптэ кутурук диэн манныгы ааттыыллар. Р. Баҕатаайыскай. Түптэ саалын (саалла түстэ) көр саалын. Саа тыаһа түптэ саалла түстэ. Н. Якутскай. Соҕотохто үлүгэрдээх тыас түптэ сааллыбыта. ФВС К. Буомба чугас соҕус сир дьигиһийиэр, от-мас титирэстиэр диэри түптэ саалынна. ССС. түтүм үөһэ түс көр түс I. Илдьит киһи түптэ тутум үөһэ түһэн иһэр эбит. Түптэ-түрүлүөн үрдүгэр (үөһэ) түс – олус ыксаа, суһаллык тутун-хабын. Θ В большой спешке, в горячке. Бырааттарбын түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэртээн ойутан туруортаатым. В. Иванов. Кыһаллыбыт киһи дьону түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэрдэҕинэ кыаллар баҕайыта ини. С. Никифоров. Тыраахтар бадарааҥҥа батыллыбытын истэн, биригэдьиир түптэ түрүлүөн үөһэ түстэ. С. Федотов. Ср. ДТС түт ʽдымиться, испускать дым, куриться’ + -пэ (др. -тюрк. аффикс отглагольных имён результата действия) = түптэ

Нууччалыы

  • Чрезвычайно непоседливый, вертлявый; неуловимый (обычно о девице Нижнего мира)

«Т» буукуба