ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

түҥкэтэх

1 · даҕааһын

  • даҕ
  • Дьон куттананнар аттаах да, сатыы да буойун эрэйинэн тиийэр ойуурдаах уонна бадарааннаах түҥкэтэх сирдэргэ саспыттара. ЛВИ БУӨ. Лааҥкылаах түҥкэтэх ойуурга хагдаҥ эһэ дугуйданар. КЗА АҮө. Кэбээйи түбэтэ уу, тыа булдунан баай, былыргыта бэрт түҥкэтэх, хараҥа муннук этэ. КНЗ ТС

2 · даҕааһын

  • Киһи-сүөһү сылдьыбат, кэлиитэ-барыыта суох (сир)

Нууччалыы

  • Глухой, захолустный (о местности)
  • Дьон куттананнар аттаах да, сатыы да буойун эрэйинэн тиийэр ойуурдаах уонна бадарааннаах түҥкэтэх сирдэргэ саспыттара. ЛВИ БУӨ. Лааҥкылаах түҥкэтэх ойуурга хагдаҥ эһэ дугуйданар. КЗА АҮө. Кэбээйи түбэтэ уу, тыа булдунан баай, былыргыта бэрт түҥкэтэх, хараҥа муннук этэ. КНЗ ТС

3 · даҕааһын

  • Кэнэн, бэйэтэ бэйэтигэр бүкпүт (хол. , киһи); сайдыыта суох, хаалыылаах (хол. , олох)

Нууччалыы

  • Нелюдимый, замкнутый (напр. , о человеке); неразвитый, отсталый (напр. , о жизни)
  • Махсыыны олорор сирин курдук эмиэ улахан түҥкэтэх, олус көнө киһи дииллэр. А. Бэрияк. Ол курдук биһиги, үөрэнээччи да ыччат, үксүбүт түҥкэтэх, кэнэн буоларбыт. Д. Таас. Былыргы дьон көр оннуктар, түҥкэтэх үйэҕэ төрөөн түҥкэтэх буолаллар. А. Ф¸доров. [Дора] урут түҥкэтэх бэйэтэ кэпсэтинньэҥэ, сайаҕаһа дьэ киирбит. В. Яковлев. Ср. тат. төнтек ʽугрюмый, мрачный, молчаливый’

«Т» буукуба