ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

аат

түүлээһин

  • түүлээ I, II диэнтэн хай. аата. Түү улам-улам эргэрэн түһэр, саҥа түүнэн солбуллан иһэр. Түү солбуйсуута түүлээһин диэн ааттанар. СИиТ. [Саарба] сааскы түүлээһинэ – кыһыҥҥы түүтэ түһэр, кылгас уонна арыый да убаҕас соҕус сайыҥҥы түүтэ үүнэр кэмэ – кулун тутар ыйтан саҕаланар. ТВ СССБ. Бары аактаах сирдэри былдьаан ылан уопсастыбаларга бэриллибитэ итиэннэ уһун болдьохтоох түүлээһини ууратыллыбыта. СБТТ

«Т» буукуба