ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

түөрэ

I · 1

  • Төрдүттэн хаһан, тууран биитэр эргийэн хаалар гына

Нууччалыы

  • С корнем, до основания или переворачивая, опрокидывая
  • Түөрэ тарт. Түөрэ түс. Түөрэ ас. Түөрэ үктээ. Түөрэ оҕус.  Алаа Моҥус бүтүн арбайы, төрүттэри баҕастары түөрэ тардан ылбыт. Саха фольк. Тыыта илими бүрүммүтүнэн, түөрэ эргийбитэ. И. Федосеев. Кини биир тэллэйи түөрэ тэппитэ, онто эһиллэн тиийэн тэйиччи түспүтэВ. Гаврильева

II · 2

  • Тугу да ордорбокко, бүтүннүүтүн

Нууччалыы

  • Всё, все до одного, полностью
  • Лэбэн [сир аата] түөрэ быыһын оттоон, сыл аайы туһанар буолан испитэ. М. Доҕордуурап. Ыстапаан эрэйдээх олоҕун туһунан биири да кистээбэккэ, түөрэ кэпсээн биэрдэ. И. Никифоров. Ити үрэхтэр түҥкэтэх түбэлэрин түөрэ кэрийэн үс сүүсчэкэ хапкааны ууралларыгар сүүрбэччэ хонук барыаҕа"ХС"

II · 3 · этии

  • Түөрэ барытын – туох баарын барытын, тугу да ордорбокко Абаҕабын ити иһин таптыыбын ээ, ити иһин итэҕэйэн-эрэнэн испин түөрэ барытын тэбиибин. Суорун Омоллоон. Ол аһаҕас дууһалаах дьон миэхэ үлэлэрин кистэлэҥин түөрэ барытын, тоҕо-хоро кэпсээн, көрдөрөн биэрбиттэрэ. СП ҮД. Түөрэ сүргэй – тугу барытын хаһыс, чүүччэй (хол. , тугу эмэ көрдөөн). Θ Рыться, копаться, перевернуть вверх дном (напр. , при обыске). Ыаллар дьиэлэрин, сарайдарын, омуһахтарын астаран көрүтэлээтилэр, түөрэ сүргэйдилэр да, тугу да булбатылар. Н. Якутскай. Саллаатар дьиэни түөрэ сүргэйэн дьэҥдьийбитинэн бараллар. В. Протодьяконов. Тиийэн кини бүтүн куорпуһу түөрэ сүргэйбитэ, холорук курдук чүүччэйбитэ. Н. Заболоцкай

Нууччалыы

  • Всё подряд, ничего не оставляя

«Т» буукуба