төрүт-уус
1 · аат тыл
- Ким эмэ төрөөбүт-үөскээбит силиһэ-мутуга, удьуора; ыраах, чугас аймахтарын тиһигэ, аймахтыы сибээстэрэ
Нууччалыы
- Происхождение кого-л. ; чья-л. история рода, родословие, родственные связи
- Дьон киһи олоҕун, төрдүн-ууһун иҥэн-тоҥон баралларын сөбүлээбэт да буоллаҕым ээ. А. Сыромятникова. С. И. Боло оҥорбут төрдү-ууһу ырытар табылыыссатыгар сурулларынан, Өнөк-Боотур Уус хос сиэнэ, историяҕа биллэр Ат Күһэҥэй уола. Багдарыын Сүлбэ. Билиҥҥи биэс уон, бэл алта уон, сэттэ уон саастаах сахалар төрүттэрин-уустарын төрүт билбэттэр"ХС"
2 · аат тыл
- Туох эмэ үөскээбит силиһэ-мутуга
Нууччалыы
- История возникновения, происхождения чего-л
- Бу да тыл ["оһох" диэн тыл] төрдө-ууһа бэрт былыргы, дириҥ, ис суолтата дьиктилээх-эҥиннээхБагдарыын Сүлбэ
- Лариса – хаһан эрэ баай-дуол, төрүт-уус дьон кыыһа, билигин дьадаҥы, энньэтэ суох кыыс. Софр. Данилов. Дьиҥэр, кини былыргы быһыынан төрүт-уус дьон удьуора эрээри баай-дуол үрдүгэр көҥүл көччүйэн үөскээбэтэх. Эрчимэн. Баппаҕаайы нэһилиэгэ былыр-былыргыттан төрүт-уус соргулаах сонордьут дьоннооҕунан биллэрэ"Кыым"
3 · даҕааһын
- суолт. Үтүө дьонноох, өбүгэлээх, удьуор
Нууччалыы
- Принадлежащий по рождению к знатному роду, родовитый, потомственный