туохтуур
төрөө-ууһаа
- Элбэх оҕолонон, ыччаттанан тэний, кэҥээ
Нууччалыы
- Размножаться, давая большое потомство, плодиться
- Ол иирээки төрөөн-ууһаан, тэнийэн, ууһу-аймаҕы сутуйара сатаммат. Н. Лугинов. Биһиэхэ саас көтөр кынаттаах туола түһэр, сымыыттаан, төрөөн-ууһаан баран, күһүн, тымныйарын кытта, итии дойдуларыгар төннөн биирдэ "суй" гынан хаалаллар. Н. Заболоцкай. Ким эрэ төрүүр-ууһуур, ким эрэ харчы өлөрөр, ким эрэ историяны, науканы, култуураны өрө тардарИ. Попова