ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

улгум

1 · даҕааһын

  • Элбэхтэ этиппэт, толоругас, түргэн-тарҕан (киһи)

Нууччалыы

  • Податливый, послушный, услужливый (человек). [Солко:] Бэрт эдэркээн, сүрдээх улгум оҕо
  • Барахсаанап диэн. С. Ефремов. Хата, уолум барахсан улгум киһи буолан биэрдэ. В. Ойуурускай. Михаил Андреевич оҕолортон элбэх улгум көмөлөһөөччүлэрдээх буолбутаИ. Федосеев

2 · даҕааһын

  • Бугуйумтуота суох, сорудаҕы толорор, аллаах (ынах сүөһү, сылгы туһунан)

Нууччалыы

  • Хорошо идущий на поводу (о скоте)
  • Мин омоон суолум – Хоһооннорум – Мин улгум соноҕосторум! С. Данилов. Сэмэн уруккуттан билэр атын мииммитэ. Бу бэрт улгум ат. Н. Якутскай. Оҕуһум дьиэтигэр тахсарыгар баҕас дьэ улгум аҕай! Сиэлэн-хааман силликичийэр. “ХС”
  • Эйэҕэһэ-сайаҕаһа, улгума, үөрэн-көтөн бэртээхэй уол, ама! Р. Кулаковскай. Уйбаан ханнык баҕарар үлэҕэ улгума. С. Федотов. Эдэрдэр эрэ кэтэмэҕэйдээбэттэр, барыга бары улгумнар. “ХС”

3 · аат тыл

  • суолт. Толоругас, түргэн киһи

Нууччалыы

  • Послушный, уступчивый человек

«У» буукуба