умсар
1 · туохтуур
- туохт
- Оҥочону умсар
2 · туохтуур
- Тугу эмэ түҥнэһиннэр, умса ыыт
Нууччалыы
- Опрокидывать что-л. вверх дном
- Оҥочону умсар
3 · туохтуур
- Сыалыгар тиийбэккэ умса тэбэр (мөлтөх тэбиилээх саа туһунан)
Нууччалыы
- Недотянуть до цели (о ружейном выстреле)
- Чөкчөҥөтө олус улаханнык көстөр буолан, [саа] нэмин булларбакка арыт умсарар, ол иһин сыалын аччатан биэрдимЯ. Семёнов
4 · туохтуур
- Кими эмэ таҥнар, куһаҕаҥҥа анньан, тэбэн биэр
Нууччалыы
- Предавать, подводить кого-л
- Сорохтор Илья Егоровиһы умсарарга дьорҕойо, үлэлии сатаабыттарын история, кырдьыгы көрүү быыһаан турар. В. Протодьяконов. [Күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьаахтыыр] киһини умсарбыттар эбээт. Л. Толстой (тылб. )
5 · туохтуур
- Кими, тугу эмэ суох гын, өлөр, эһэн таһаар
Нууччалыы
- Сразить, уничтожить кого-, что-л
- Миигин соҕотох оҥорбут, киһи аатыттан аһарбыт, чыыннаах-хааннаах буолан умсарбыт эн тураҕын! А. Сыромятникова. Оттон мин, бэйэм ааҕыыбынан, уонтан тахса фриһи умсарбытым. И. Сосин. Мин уон хонук иһигэр уон биир ньиэмэс сөмөлүөтүн умсарбытым. КИАДББ