урдурҕаччы
I · 1 · даҕааһын
- Харса-хабыра суох (хол. , киһи); баламат (хол. , быһыы-майгы, санаа)
Нууччалыы
- Дерзкий, бойкий (напр. , о человеке); идущий на любой риск (напр. , о нраве, мыслях)
- Урдурҕаччы санаалардаах Атын биис уустара Айыллыбыттара буолаарай диэн, Оччотооҕу урукку дьылларга Онтон-мантан сурастахха… П. Ойуунускай. Урдурҕаччы оботтоох Сорук Боллур уолун Сулбу ыҥыран ылан, Субу курдук диэн Соруодуйан кэбистэ. П. Ядрихинскай. Аллараа дойдуттан Арсан Дуолай аймахтара тахсан, Үөһээ дойдуттан Улуу Суорун оҕонньор урдурҕаччы удьуордара өһүөннээн үрэйэр эбиттэрФНИ ООҮө
I · 2 · аат тыл
- суолт. урдус диэн курдук. Дьаакыап, күрүөҕүн кытаатыыһыгын, бу мантан ити урдурҕаччылар, кырдьык, иҥниэхтэрэ суоҕа. Суорун Омоллоон. – Оо, Орто дойду улуу урдурҕаччылара! Саллар сааспар, үллэр үйэбэр итэҕэйиэ суох этим. Е. Неймохов
II · 3
- , фольк. Күүскэ, иччилээхтик (саҥар)
Нууччалыы
- Веско, внушительно (говорить)
- Оҕуруктаах ойуун бөҕө Онолуйа туойбут, Угаайылаах удаҕан бөҕө Урдурҕаччы мэнэрийбит -- Көрүөхтэн дьулаан дойду буолуоҕаП. Ядрихинскай