устуруустаа
1 · туохтуур
- туохт
- Акылаатын остуойката ириэ диэн муохтаан, истиэнэтин сэлэпиискэ суолунан устуруустаан түһэртэрэрэ. Далан. Бэйэҥ өйдөө, элбэх маһы устуруустаатахха элбэх көөбүл тахсар буолбат дуо? Н. Лугинов. Ахмед уһанарын сөбүлүүр киһи, күн аайы дьиэтин таһыгар тугу эмэ устуруустуу, эрбии сылдьар. У. Ойуур. Кэтэх өттүн хаптаһынын суораллар, хатаран баран устуруустаан чарааһыталлар"ХС"
2 · туохтуур
- Устурууһунан кыс, үлэлээ
Нууччалыы
- Строгать рубанком
- Акылаатын остуойката ириэ диэн муохтаан, истиэнэтин сэлэпиискэ суолунан устуруустаан түһэртэрэрэ. Далан. Бэйэҥ өйдөө, элбэх маһы устуруустаатахха элбэх көөбүл тахсар буолбат дуо? Н. Лугинов. Ахмед уһанарын сөбүлүүр киһи, күн аайы дьиэтин таһыгар тугу эмэ устуруустуу, эрбии сылдьар. У. Ойуур. Кэтэх өттүн хаптаһынын суораллар, хатаран баран устуруустаан чарааһыталлар"ХС"
3 · туохтуур
- Кими эмэ тылгынан дьарыйан, үрүт-үөһэ эт-саҥар
Нууччалыы
- Безостановочно, охотно говорить, выговаривая кого-л
- Эһэм бэйэтэ этэринии токур сүнньүбүн "устуруустаан" тахсара. Ф. Постников. Мантан ыла үчүгэйдик устуруустаатахха, ханна барыай, сөбүлэһэригэр тиийиэТТК
- Чочуйан, тупсаран биэр (хол. , айымньыны). Θ Искусно вытачивать, улучшать (напр. , произведение). Тургутан-чинчийэн, чочуйан, устуруустаан баран, алта саастаах оҕолорго "Азбука" диэн саҥа букубаары оҥордо. Г. Нынныров. Бу үс хоһооҥҥо үһүөннэригэр киһи өссө да устуруустуох тыллара, рифмалара баалларМ. Тимофеев