утахтан
- утахтаа I диэнтэн бэй. туһ. Арылыйа устар Ангара өрүс Ыраас-дьэҥкир Уруйдаах уутунан Утахтанан олордум. А. Софронов. Имииһит Алаар сиэнэ -- Маппыр барбах аҕай кэмпиэтинэн, бирээнньигинэн, нуучча үрүҥ хааһытынан аһылыктаммыт, сүөгэйинэн, ыаммыт үүтүнэн утахтаммыт. Л. Попов. От охсор, үлэлиир кэммэр чэйи испэт этим, аҥардас кымыһынан утахтанарым. В. Протодьяконов