хаамтарыы
1 · аат
- хаамтар диэнтэн хай. аата. Биһиги хаамтарыынан аҥардас тыанан чааска үс-түөрт биэрэстэ сири бардыбыт. В. Протодьяконов. Хотуур хаамтарыытын хадьымалын уларытан охсорго үчүгэй. ПАЕ ЭАБ. Дьэ, мантан ыла саҕаламмыта, саахыматы уустаан-ураннаан хаамтарыы. "Чолбон"
2 · этии
- Кутуйах хаамтарыы сиик иис. – хааман иһэр курдук хардары-таары кэккэнэн солбуһа анньыллар бытархай иҥнэри сиик Ыаҕаһы тигэргэ "кутуйах хаамтарыы" сииги тутталлар
Нууччалыы
- Косой, наклонный шов короткими стежками, которые ложатся поочерёдно в два ряда, "мышиные следы"