хаанньай
- көр ханньай. Бу таҥас таҥыннара сылдьаргар хаанньайа сытыйбыт сирэйиҥ саатыа дуо? Амма Аччыгыйа. Адьарай дьиктиргээн хараҕын муҥунан көрбүтэ, сап-салыбырас буолбута, куһаҕан баҕайытык сирэйэ хаанньайа сонньуйбута. И. Гоголев. Мэхээчээн уоһа хаанньайан, сирэйин мөссүөнэ уларыйда. В. Протодьяконов