ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

хааччахтан

  • хааччахтаа диэнтэн бэй. , атын. туһ. Билигин ньирэйдэр киэҥ-куоҥ хааччахтаннылар.  Кини кэлин, бултааһын хааччахтаммытын да кэннэ, ойуурга сылдьарын тохтоппотоҕо. Г. Угаров. Урукку өттүгэр бэчээт сайдыыта улаханнык хааччахтанан турбута. ССЛИО. Оҕо биир көрүҥнээх успуордунан дьарыктанар түбэлтэтигэр биир өрүттээх сайдыы үөскүүр, эт-хаан бары өттүнэн сайдыыта хааччахтанар. АН БЭХСКТ

«Х» буукуба