хабархай
1 · даҕааһын
- даҕ
- Үөстээх тэллэй хабархай аһыы амтаннаах, хайа туттахха иһэ тэтэркэй өҥнөөх. Г. Угаров. Салгын сииктээх уонна ханнык эрэ хабархай амтаннаах курдук. Т. Сметанин. Аһы хаһаанарга хабархай кыһыл биэрэс уонна да атын аһыы тумалар кутуллаллар. ФВН ТС
2 · даҕааһын
- Киһи бэлэһин үрэн кэбиһэр аһыы, кураххай амтаннаах, уохтаах
Нууччалыы
- Горький, терпкий, вяжущий (вкус)
- Үөстээх тэллэй хабархай аһыы амтаннаах, хайа туттахха иһэ тэтэркэй өҥнөөх. Г. Угаров. Салгын сииктээх уонна ханнык эрэ хабархай амтаннаах курдук. Т. Сметанин. Аһы хаһаанарга хабархай кыһыл биэрэс уонна да атын аһыы тумалар кутуллаллар. ФВН ТС
3 · даҕааһын
- Киһи муннун, күөмэйин, хараҕын улаханнык аһытар, олус аһыы (сыты этэргэ)
Нууччалыы
- Резкий, вызывающий раздражение, едкий (о запахе)
- Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар. В. Протодьяконов. Муннугар буруо хабархай сыта билиннэ. И. Гоголев. Саҥа саас буолан, от-мас сымала хабархай сытынан тыына турбутаИ. Сосин
4 · даҕааһын
- Олус кыһыылаах, курус, ыар
Нууччалыы
- Наводящий грусть, грустный, горький
- Ааспыт олоҕуҥ күннэрин, төһө да ардыгар аһыы, хабархай тумалаахтарын иһин, уйадыйа ахтаҕын. Софр. Данилов. Оттон хотторуу хомолтотун, хабархайын ама ким ситэн өйдүөй?! Н. Лугинов. Кинини хабархай санаалар уон бүк күүһүнэн кэлэн, саба көттүлэр"Чолбон"