хадаҕалан
- хадаҕалаа диэнтэн бэй. , атын. туһ. "Хотун ыытта, маны таҥныаҥ үһү. Олус хадаҕаланан эрэр кыыскын", – диэт, Өкүлүүнэ тахсан барда. Н. Павлов. Оччолоох уохтаах уоҕурдуунан хадаҕаламмыт хортуоппуй хаһаайын үтүөтүн-өҥөтүн ситэ-хото сыаналаабат үүнээйи буолан биэрдэ. Күрүлгэн. Мииринэйдээҕи халбаһы сыаҕа эмискэ сабыллыаҕыттан, олохтоохтор ханна оҥоһуллубута биллибэт халбаһынан хадаҕаланарга күһэллибиттэрэ. "Кыым"