хайҕас
- хайҕаа диэнтэн холб. туһ. [Уолаттар] сыстыһа олорон остуоруйалаһаллар, сэһэргэһэллэр, ийэлэрин-аҕаларын бэртэрин хайҕаһаллар. Амма Аччыгыйа. Күлэн-оонньоон, айдаарсан, Сэмэлэһэн, хайҕаһан, Күүстээх дьаныар үөрэхтиин Күрэстэспит күннэрбит – Умнуллубат онус кылаас, Чэгиэн-чэбдик эдэр саас. В. Гольдеров. [Семён уонна Софрон Даниловтар] бэйэлэрин айымньыларын хаһан да уу иһэ-иһэ хайҕаһа олорбот дьон. ЭСЭ