халлыгыраа
1 · туохтуур
- тыаһы үт. туохт
- Бэйи эрэ! Истиҥ! Халыҥ хаар анныгар хайыы үйэҕэ Хара уу халлыгыраан эрэр. А. Софронов. Хайдыы-дьураа ахсынан Халаан уута халыһыйан Халлыгырыы сүүрүөҕэ. С. Васильев. Биһиги Куолларыкы уораана диэн халлыгырыы сытар харгыны ханан эрэ туораат, Эмээхсин хайата диэн ааттаах тимир хайа тэллэҕэр астардыбытС. Руфов
2 · туохтуур
- Күүскэ түргэнник, дохсуннук сүүрүгүр, үөһэттэн түс (хол. , күрүлгэни, хайа үрэҕин этэргэ)
Нууччалыы
- Шумно бурлить, клокотать (о реке, водопаде)
- Бэйи эрэ! Истиҥ! Халыҥ хаар анныгар хайыы үйэҕэ Хара уу халлыгыраан эрэр. А. Софронов. Хайдыы-дьураа ахсынан Халаан уута халыһыйан Халлыгырыы сүүрүөҕэ. С. Васильев. Биһиги Куолларыкы уораана диэн халлыгырыы сытар харгыны ханан эрэ туораат, Эмээхсин хайата диэн ааттаах тимир хайа тэллэҕэр астардыбытС. Руфов
3 · туохтуур
- "Хал-хал-хал" диэн эрэр курдук саҥаны, тыаһы таһаар (көтөрү этэргэ – үксүгэр хаас туһунан)
Нууччалыы
- Издавать характерные звуки, похожие на "го-го-го", гоготать (о птицах – обычно о гусях)
- Кустуу куллугуруур, хаастыы халлыгырыыр үһү (тааб. : тэлэгирээп). Хара улар көтөрүм -- Ханыыларын ыҥыртаан, Халлыгырыы охсунар Харалдьыга таҕыста. П. Тобуруокап. Хаас сорох ардыгар төбөтүн өрө чолотон баран, уһун баҕайытык халлыгырыыр. А. Чехов (тылб. )
4 · туохтуур
- сөбүлээб. Солуута суохтук элбэхтик саҥар
Нууччалыы
- Говорить много, быстро и громко, тараторить (о пустозвонах)
- "Дорообо, доҕор! Кыраһыабай дьахтар миэстэтигэр, саатар, олорон көрүүм дии санаатым", – Сёма халлыгыраабыта. Далан. Холуочук Миичикээс мөтөлдьүйэн киирэн кэлээт, саҥаран халлыгыраата. У. Ойуур. Кураанаҕы куллугураабыт, Хаалары халлыгыраабыт. АаНА СТСКТ. Ср. ДТС халдыра ‘шуршать’, кирг. халдыра ‘греметь, грохотать’