халлырҕаа
1
- халлыгыраа диэн курдук. Эн үөрэххиттэн туох туһа баарый? Туох да суох! Нууччалыы да халлырҕаа, аҕабыыттаан да онолуй, ким эйиэхэ кыһаныай? Амма Аччыгыйа. [Харытыана эмээхсин:] Нохоо, эн мээнэни халлырҕаама! И. Семёнов
2
- Таастан тааска охсуллан, күүскэ тыаһаа (долгун туһунан)
Нууччалыы
- Издавать характерный громкий звук, бьющейся о камни волны – плеск, плескаться
- Хантан халыарыйан, Халыҥ халҕаһанан Хара тааһы кырбаан Халлыргыы сытаҕын? С. Васильев. Эдэркээн геологы иннигэр түһээри, Аартыгын бүөлээри Тиэтэйэр курдуктар – Харылыы, Халлыргыы Халыйар ДолгуннарМ. Ефимов
3
- Атах таҥаһыгар (хол. , саппыкыга) уу киирэн эбэтэр инчэйэн хаамаргар чаллыргыыр тыаһы таһаар
Нууччалыы
- Издавать хлюпающие звуки, хлюпать, хлипать (напр. , о сильно намокшей обуви)
- Эрэһиинэ саппыкылара ыраахтан халлырҕаан, били бөлүүҥҥү ыалдьыттара тиийэн кэллилэр. Улдьаа Харалы. Этэрбэһэ дэлби сытыйбыт, халлыргыырЯРС