ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

хаптас

  • хаптай диэнтэн холб. туһ. Болугур оҕонньор аттыгар хороһон олорбут ыттара, буурҕаттан чаҕыйан, ыйылаһа-ыйылаһа хаарга хаптаһаллар. Н. Якутскай. [Эһэ] Оҕолоро барыах-кэлиэх сирдэрин булбакка хаптаһан сыттахтарына, ийэлэрэ бу баар буола түспүтэ. Р. Кулаковскай. Арай хойутаан быкпыт иинэҕэс оттоох талах үүммүт үрэхтэрин бата биир эмэ оҕонньор бугуллара, кымырдаҕас оргулун кэриэтэ, сиргэ хаптаһан көстөллөрө. В. Титов

«Х» буукуба