этии
хаста эмэ
- хаста да (даҕаны) диэн курдук. Итини эн иннигэр хаста эмэтэ хатылаан этэн тураллар. Н. Лугинов. Мичил күөһэ сойбутун хаста эмэтэ сылыта-сылыта Владимир Лукиһы кэтэһэ сатаата да, киһитэ кэлбэтэ. Г. Колесов. Урут ааҕыталаабыт хаһыаттарын төттөрү-таары сыымайдыы сылдьан, хаста эмэ ааҕыталыыр. Дьүөгэ Ааныстыырап