хаччаҕай
- көр халчаҕай. Маттаҥаа, хаччаҕай сүүһүн өтөр-өтөр ытыһынан имэринэ-имэринэ, быар куустан лэкэллэн олордо. И. Гоголев. Байкаалап -- хаартаҕа нөрүйбүтүгэр, хаччаҕай төбөтө лаампа уотугар килбэлдьийэн ылла. Е. Неймохов. Хаччаҕай, тараҕай хайалар Халлааҥҥа анньыллан тураллар. Болот Боотур. Күн санньыйыыта Кыһалҕа, атыыр оҕус сүүһүн курдук, хаччаҕай булгунньах дьогдьууругар соҕотоҕун суодаллан турар аарыма тиити түбэһэ хаамта. И. Гоголев