ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

хаҥаа

1

  • туох
  • Суолларын ортолоон эрдэхтэринэ халлаан былыта хаҥыыр, күнү хаххалаан кэбиһэр, хаар түһэн ыһыллар. Н. Якутскай. Хаар аҕыйах хонук иһигэр биллэ хаҥаата, хаамарга сылаалаах. Сэмээр Баһылай. Биирдэ : "Күөл мууһа хаҥаабыт, муҥхалыыллар үһү" диэн сурах иһилиннэ. ВАИиТ

2

  • Мунньуллан, эбиллэн халыҥаан ис

Нууччалыы

  • Увеличиваться, расширяться в объёме, уплотняться
  • Суолларын ортолоон эрдэхтэринэ халлаан былыта хаҥыыр, күнү хаххалаан кэбиһэр, хаар түһэн ыһыллар. Н. Якутскай. Хаар аҕыйах хонук иһигэр биллэ хаҥаата, хаамарга сылаалаах. Сэмээр Баһылай. Биирдэ : "Күөл мууһа хаҥаабыт, муҥхалыыллар үһү" диэн сурах иһилиннэ. ВАИиТ

3

  • Элбээн, үксээн ис

Нууччалыы

  • Увеличиваться в количестве, приумножаться
  • Сүүс тыһыынча дьадаҥы хара көлөһүнүнэн биир баай үбэ-аһа хаҥыыр эбит. Амма Аччыгыйа. Маннык хоһуун айымньылаах үлэлээх кэлэктииптэр кэккэлэрэ хаҥаан истэҕинэ, олохпут өссө уйгуланыаҕа. ССП КҮФ. Кини үөр табалара хаҥаан иһэригэр тус бэйэтин көлөһүнэ тохтон эрэйдэммэт. П. Ламутскай (тылб. )

4

  • Улаат, дириҥээ, кэҥээн, сайдан бар (хол. , билииҥ-көрүүҥ, ис кыаҕыҥ)

Нууччалыы

  • Возрастать, умножаться, шириться, крепнуть (напр. , духовное богатство, сила духа)
  • Дойдубут дуолан күүһэ Туругура турарыгар, Олохпут барҕа кыаҕа Ордук хаҥыырыгар – Санаа далааһына хабарын Саха барытын сатаатын! Күннүк Уурастыырап. Төрөппүт аҕа, ийэ аатын Түһэн эрэ биэримээриҥ! Хаамар хардыыгыт хаҥаатын, Охсор охсуугут чиҥээтин! Эллэй. Ис-духуобунай баайыҥ хаҥыырыгар көмөлөһөр дьарыктар. "Сахаада". Ср. ДТС хан ‘довольствоваться; приходить в соответствие с желаемым’, МНТ хаҥҕа, халх. хаҥга ‘удовлетворять’, бур. хангаха ‘снабдить’

«Х» буукуба