ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

хаһалаах

1 · даҕааһын

  • Сыалаах, эмис

Нууччалыы

  • Имеющий брюшной жир, жирный
  • Ойуун икки илии хаһалаах байтаһын биэ түөрт ойоҕоһун ууран биэрбиттэрин сиэн уоһун, сэҥийэтин ньолҕоруччу соттон кэбиһэ-кэбиһэ, кэпсии олордо. Күннүк Уурастыырап. Мантах антах, хамначчыттар, Көлөһүммүт мэлдьитин Хаһалаах баай хармааныгар Харчы буолан киирбэтин! Эллэй. [Лэкиэс:] Бэрт соболоох күөл. Биирдии бэйэтэ тэриэлкэҕэ баппат соболоох. Дьөксө хаһалаах, сааллаах буолуохтаахС. Ефремов

2 · этии

  • Халыҥ хаһалаахтар, суон сааллаахтар көр саал I. Эбэм Быакана иччитэ! Тойоттор, халыҥ хаһалаахтар, суон сааллаахтар, үптээхтэр-астаахтар, үбүнэн-аһынан манньалааннар, Эн хааҥҥын тохторон эрэллэр. Багдарыын Сүлбэ

«Х» буукуба